МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "БЯРИЙИНСКИЙ КУЛЬТУРНЫЙ ЦЕНТР "АРЧЫ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

14.04.2022 фестиваль

Россияҕа Педагог уонна Наставник, Саха Республикатыгар Үлэ, Уус Алдан улууһугар Инфраструктура сайдыытын сылларынан «ТҮМСҮҮНЭН САЙДЫЫГА, ҮЛЭНЭН ҮРДЭЛГЭ» диэн ааттаах улуус нэһилиэктэрин икки ардыларыгар ыытыллар уус-уран самодеятельноһын көрүү-фестиваль кулун тутар 14 күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгэр ыытылынна. Бу күн выставка уонна Васильевтар-Бөтүрүөбүстэр-нэһилиэк салайааччыларын династияларыгар анаммыт дьүһүйүү турда. Уопсайа 72 киһи кыттыыны ылла.

«Тыл — омук тыына»

Олунньу 13 күнэ. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Тыл — омук тыына» тематическай киэһэ буолан ааста. Бу күн «Арчы» КК «Бээрийэлэр таһаартарбыт сахалыы кинигилэрэ» кинигэ быыстапката, «Абылаҥ» коллекционердар түмсүүлэрин саха норуотугар, суругар-бичигэр сыһыаннаах коллекцияларын быыстапката уонна түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэх буолан ааста. Күрэх түмүгүнэн 1-кы миэстэни ыллылар «Чэчир» түөлбэ, 2-с миэстэни ылла «Сир симэҕэ», 3-с… (читать далее)

Саргылаах Саҥа Дьылынан!

Ахсынньы 31 күнүгэр Саргылаах Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн туран Бээрийэ нэһилиэгин олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар анаан Николай Якутскай Дьүкээбил уота номоҕунан уус-уран дьүһүйүү, эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста.

Дойдубут туһугар биир — сомоҕо!

Сэтинньи 11 күнүгэр Дойдубут туһугар биир-сомоҕо диэн быстах байыннах хомуурга барбыт хорсун-хоодуот эр дьоммутугар, кинилэр дьиэ-кэргэттэригэр анаан көмө акция концерт уонна лотерея буолла. Уопсайа киирии билиэтинэн 12900 солк., лотереяҕа 50000 солк., Ящик добра 16571 солк. киирдэ.

Комсомол-мин дьолум!

Алтынньы 28 күнүгэр Комсомол к8н8гэр аналлаах «Комсомол-мин дьолум» диэн ахтыы киэһээтэ буолан ааста. Бу күн урукку кэм комсомоллара ахтыы оҥордулар, олохтоох библиотека «Биһиги комсомоллар» диэн Бээрийэ нэһилиэгэр комсомол сайдыытын историятын көрдөрөр выставка туруорда. Тэрээһини факельнай шефствиянан түмүктээтибит.

Мин поэт, комсомол уһаарбыт-оргуппут уолабын

Алтынньы 22 күнүгэр Алексей Бэрияк төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Мин, поэт уһаарбыт-оргуппут уолабын» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ эҕэрдэлэр, ахтыылар, быыстапка ону таһынан хамаанданан Өркөн Өй күрэх буолан ааста.

Үрүҥ тунах ыһыаҕынан!

Уус-Алдаҥҥа ыытыллар 8-с Саха сирин спортивнай оонньууларынан, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстэбэлэринэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылларыгар аналлаах Бээрийэ нэһилиэгэр «Үрүҥ тунах ыһыах» үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.

Саха АССР төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылын көрсө

Муус устар 27 күнүгэр сүҥкэн улахан суолталаах Өрөгөйдөөх күммүтүн көрсө Бээрийэ нэһилиэгэр Саха АССР төрүттэммитэ үбүлүөйдээх 100 сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Бээрийэтээҕи Абылаҥ коллекционердар быыстапкалара турда, ону таһынан олохтоох библиотека туруорбут Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах кинигэ быыстапката турдулар. тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар Үрүччэ оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, Утум фольклорнай бөлөх кыттыыны ыллылар. тэрээһиммит оһуохайынан… (читать далее)

«Ылбаҕай ырыа дьоро киэһэтэ» гастрол

Кулун тутар 29, 30, 31 күннэригэр Танда үрэх сүнньүгэр ыаллыы сытар клубтары кытта кыттыһан Саха сирин 8-с оонньууларын чэрчитинэн ырыа дьоро киэһэтин Түүлээх, Бээрийэ, Танда нэһилиэктэригэр бэлэхтээтибит. Кыттыыны ыллылар Тандатааҕы «Дьиэрэй» эр дьон вокальнай, Бээрийэтээҕи Кэскил студия, Түүлээхтээҕи «Аргыс» народнай коллективтара.